- Просмотров: 552
Кулун тутар 22 күнэ
РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыската Анастасия Петровна Лыткина төрөөбүтэ 97 сыла
Анастасия Петровна Лыткина 1927 сыллаахха кулун тутар 22 күнүгэр Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр Кураҕай диэн алааска төрөөбүтэ. Анастасия Лыткина айар үлэтин сулуһа сэрии кэнниттэн сыдьаайбыта. Сэрии ыар сылларын содулуттан босхолонон, олох көнөр суолга киирбитэ. Саха АССР экэниэмикэтэ, култуурата сайдан барбыта. Бу дьоҥҥо-норуокка сэргэхсийии сыллара этилэрэ. Ол бэлиэтинэн чуолаан Анастасия Лыткина талаана, кэрэ куолаһа буолбута.
1955 сыллаахха Анастасия Лыткина Польшаҕа, Варшаваҕа буолбут Ыччаттар уонна устудьуоннар V Аан дойдутааҕы фестивалларыгар Саха хомсомуолун аатыттан дэлэгээт быһыытынан кыттан, композитор Захар Винокуров “Эҕэрдэ ырыатын” ыллаан, омук сиригэр саха ырыатын бастакынан толорбута! Кинини Пекинскэй опера солисткатын кытта «Встречи в Варшаве» диэн документальнай киинэҕэ устубуттара. Биһиги биир дойдулаахпыт Сэбиэскэй Сойуус киэҥ киэлитигэр эдэрдэртэн биир саамай чулуу ырыаһытынан билиниллибитэ!
Анастасия Петровнаны Польшаҕа «Хоту дойду королевата» диэн сүрэхтээбиттэрэ.
Саха омук киэн туттан, уос номоҕо оностон кэпсиир, тарбахха баттыыр аатырбыт ырыаһыттарыттан биирдэстэринэн бастакы анал консерваторскай үөрэхтээх идэтийбит ырыаһыт, төрөөбүт норуотун вокальнай искусствотын аан маҥнай кыраныысса таһыгар, аан дойду таһымыгар таһаарбыт САССР уонна РСФСР үтүөлээх артистката Анастасия Петровна Лыткина буолар. Кини үрдүк, үтүө аата Саха сирин музыкальнай культуратын историятыгар биир ойуччу боччумнаах миэстэгэ үйэлэргэ суураллыбат гына кыһыл көмүс буукубаларынан суруллан хаалла...
Аҥардас, хайдах эрэ лыҥкынаан ыларга дылы "Лыткина" диэн араспаанньатыгар кытта төһөлөөх кэрэ лирика, поэзия, музыка иһиллэр курдугуй?! Кини сырдык үрүйэ сүүрүгэр майгынныыр нарынтан-нарын, итии иэйиилээх, ханан да хатыламмат ураты дьикти куолаһа өйтөн-сүрэхтэн сүппэт. Анастасия Лыткинаны көрбүт-истибит, чугастык билбит дьон бары кини чаҕылхай, сүдү талааныгар сүгүрүйэр, кыраһыабай сэбэрэтин, киһи быһыытынан кэрэтин сөҕөр-махтайар буолаллара.
А.П. Лыткинаҕа
Күөрэгэй саас аайытын