"Олох салаҕанар, ырыа ылланар"
"Иэйии" народнай квартет 10 сыллаах үбүлүөйдээх кэнсиэрэ, архив 1994 с
1990 1991 сс. - Кытаанахтаа5ы культура дьиэтин уус-уран салайааччытынан уонна оскуола5а муузыка учууталынан үлэлээбитэ.
Кытаанах нэһилиэгиттэн биир үөлээннээхтэрэ, бииргэ үлэлээн, алтыһан ааспыт дьоно ахтыы видеолара
Христина Николаевна Попова
Мотрена Семеновна Леонтьева - советскай партийнай, педогагическай үлэлэр ветераннара, сэрии сылларын оҕото, Чурапчы улууһун Хайахсыт, Кытааных нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо
Николай Федорович Смирников- Төлөйскөй, олохтоох автор. РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СР физическай культураҕа уонна спортка туйгуннара. Буулдьалаах саанан ытыы тренера.
Алексей Николаевич Терютин- СР уерэ5ириитин туйгуна, Федордыын биир кэмнэ Кытаанахха кулуупка улэлээбитэ
!!!Саҥа ырыа!!!
Олунньу 13 күнэ
Төрөөбүт тыл уонна сурук - бичик күнүгэр аналлаах тургутук
https://forms.gle/6iCN5xoHZ9XpB6yy7
киирэн бэйэҕин холонон көр
Айылҕаттан айдарыылаах талааннаах мелодист, баянист, хоһоонньут, Чурапчы гимнын автора - Федор Федорович Гоголев.
Федор Гоголев 1962 сыллаахха олунньу 14 күнүгэр Чурапчы оройуонун Алаҕар нэһилиэгэр 6 оҕолоох Федор Ильич уонна Варвара Афанасьевна Гоголевтарга бастакы оҕононон күн сирин көрбүтэ. Билиҥҥинэн быһаардахха, Федя тапталлаахтар күннэригэр төрөөбүтэ мээнэҕэ буолбатаҕа. Ол курдук, бастакы оҕо төрөппүттэр, эһээлээх эбээ, чугас аймахтар үгүс болҕомтолорун тарпыта. Бүөлээнньи, Чыаппара эбэлэр кэрэ айылҕаларыгар күөлэһийэн, оҕо сааһа муҥата суох ааспыта.
1981с. Дьокуускайдаа5ы культурнай – сырдатар училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн, 1982 с. Аллараа Халымаҕа Андрюшкинотааҕы культура дьиэтигэр баяниһынан үлэтин саҕалаабыта.
Бастакы ырыатын Аллараа Халымаҕа “Хомус тыаһа” диэн Василий Кокорин хоһоонугар айбыта, тута дьоҥҥо – сэргэҕэ биһирэнэн ылланан барбыта. Федор Гоголев ырыалара олус истиҥ иэйиилээхтэр, олоҕу, тапталы туойар буоланнар, дьон сүрэҕин олус долгуталлар. Дьуон Дьаҥылы тылларыгар суруйбут “Ол мин дойдум Чурапчы” диэн ырыата чурапчы улууһун гиминэн буолбута да туоһулуур. Н. Смириников тылларыгар “Эргиллиэм эйиэхэ, Чурапчы чараҥа”, И. Левин тылларыгар “Эйэ иһин” ырыалара киэҥ эйгэҕэ тахсан ылланар буоллулар. “Ыллыыр миэхэ күөрэгэй”, “Тапталы өйүнэн айбаттар”, “Тапталга ыҥыра - угуйа” уо.д.а ырыаларын оҕотуттан аҕа саастаах дьонугар тиийэ сөбүлээн ыллыылар.
1984 сыллааххаа дойдутугар кэлэн, республикаҕа киэҥник биһирэммит “Иэйии” вокальнай квартеты тэрийбитэ. Бу квартет айымньылаах үлэтин иилээн – саҕалаан, репертуардарын чочуйан оҥорон, элбэх концертарга, конкурстарга кытыннаран, квартет уон сыла туолуутугар “народнай” аатын ылар чиэстэммитэ. Элбэх фестивалларга кыттан дипломант, лауреат үрдүк аатын ылан дойдуларын дьонун элбэхтэ үөрдүбүттэрэ. Дьон – сэргэ ордук сөбүлээн “Манчаары”, “Ыһыахха ыҥырыы”, “Ача кумах истиэбэр”, “Аҕам алааһа”, “Туундара”, “Ырыа дууһа ымыыта” ырыаларын истэллэрэ. Федор квартет уус – уран салайааччытын быһыытынан мэлдьи саҥаны көрдүү, олоххо киллэрэ сатаан бириэмэни аахсыбакка үлэлиирэ. Мелодия айарын таһынан, ырыаларын тылын бэйэтэ эмиэ суруйара.
Федор Гоголев көҕүлээһининэн 1995 сыллаахха квартекка тирэҕирэн ырыа куттаах удьуор ырыаһыттар түөлбэлээн олорор сирдэригэр - Чыаппаратааҕы эр дьон хора тэриллибитэ уонна күн бүгүҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Хор коллектива улуус, республика араас улахан культурнай маассабай тэрээһиннэригэр сүрүн күүс быһыытынан кыттар, чөл олоҕу пропагандалыыр, ыччаты үтүөҕэ – кэрэҕэ уһуйар сыаллаах киэҥ кэскиллээх үлэни ыытар.
1994 сыллаахха “Ыллыыр миэхэ күөрэгэй” диэн ырыаларын хомурунньугун таһаартарбыта. Ырыанньыкка киирбит ырыалары дьон – сэргэ иилэ хабан ылан, олус сөбүлээн ыллаан – туойан барбыта. Федор Гоголев Бүтүн Союзтааҕы фестиваль икки төгүллээх лауреата, республикатааҕы фольклор фестивалын “Мирный поет о мире” политическай ырыа лауреата.
Федор Федорович Гоголев эргиччи талааннаах айар дьоҕурдааҕа. Ырыаларын таһынан сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох хоһооннордооҕо. Ол айымньыларын бэйэтэ иэйиилээхтик толороро. Кини туруорааччы – режиссер быһыытынан эмиэ биллибитэ. Дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэлэри сценаҕа таба туоруоран, сценкалары чочуйан, көрөөччү улахан сэҥээриитин ылбыта. Клоунада уустук көрүҥүн эмиэ баһылаан дьон – сэргэ сэҥээриитин ылыан ылбыта.
Федор Федорович олорон ааспыт кылгас олоҕор ыра санаатын иэйии гынан этитэн, ураты матыыптаан, дьикти намыын ырыаларын норуотугар бэлэхтээн хаалларда. Кини айымньыларын суолтата, бу дойдуга киһи олоххо тардыһар дьулуурун, төрөөбүт дойдутугар, кини дьонугар – сэргэтигэр, айылҕатыгар тапталын, ытыктабылын ылыннарыылаахтык эппитэ буолар.
Федор Гоголев айан хаалларбыт айымньылара норуот сүрэҕэр тыыннаахтар, уостан түспэккэ ылланаллар.
Маннык айар куттаах дьоннорбутун биһиги норуот духуобунаһын түстэһэр дьоннорунан сыаналыахпытын сөп. Норуоттан тахсыбыт ырыа куттаах, талааннаах дьоммут айар үлэлэрин сыанлаан, дьоҥҥо – сэргэҕэ таһааран, кинилэр ааттара кэлэр кэмнэргэ үйэтийэригэр итэҕэйиэҕиҥ.
Федор 40- ча ырыа автора. Архивыттан 30 – ча хоһооно көһүннэ.
1996 с. хомолтолоохтук биһиги кэккэбититтэн туораабыта.
Олоҕун олуктара:
1967 - 1969 сс. - Алаҕарга оҕо саадыгар сылдьыбыта. Воспитателэ Августина Степановна Слепцова
1969 с. - Алаҕар аҕыс кылаастаах оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитэ. Маҥнайгы учуутала Мария Осиповна Федорова.
1977 с. - Алаҕар аҕыс кылаастаах оскуолтата оччолорго Саха АССР Верховнай Советын депутата Михаил Ефимович Николаев туруорсуутунан Бахсы орто оскуолатыгар кубулуйбута. Онон бастакы выпускник быһыытынан 1979 с. бу оскуоланы бүтэрбитэ. Оскуола директора Варвара Григорьевна Слепцова, кылаас салайааччыта Тарас Егорович Толстоухов.
1979 - 1981 сс. - Дьоуускайдааҕы культурнай - сырдатар училище народнай салаатыгар үөрэммитэ. Куратора Елизавета Степановна Попова.
1981 - 1982 сс. - Аллараа Халыма Андрюшкинатааҕы культура дьиэтигэр баяниһынан үлэтин саҕалаабыта. Манна Федор "Хомус тыаһа" диэн Василий Кокорин хоһоонугар бастакы ырыатын айбыта.
1982 - 1984 сс. - Чыаппара клуубугар уус - уран салайааччынан үлэлээбитэ. Манна кэлээт, вокальнай - инструментальнай ансамбль тэрийбитэ. 1983 с. Чурапчытааҕы народнай театрга артист быһыытынан үлэлии сылдьыбыта.
1984 - 1987 сс. - Толоон кулуубугар уус - уран салайааччы. Оскуолаҕа ырыа учууталынан үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ 1984 с. Чыаппараҕа "Иэйии" квартеты тэрийбитэ. 1986 с. Илин Сибиирдээҕи государственнай, культура институтугар кэтэхтэн үөрэнэ киирбитэ.
Чыаппраҕа да Толооҥҥо буолар бары культурнай мероприятиелары тэрийсэрэ, кыттара.
1987 - 1990 сс. - Чыаппара СДК -гар музыкальнай салайааччынан үлэлээбитэ.
1990 - 1991 сс. - Кытаанахтааҕы культура дьиэтин уус -уран салайааччытынан уонна оскуолаҕа музыка учууталынан үлэлээбитэ. Бу дьыл 80 - ча киһилээх "Алаас" диэн фольклорнай ансамблы тэрийбитэ. Маны таһынан народнай инструменнар куруһуоктарын салайан, оройуоннааҕы көрүүгэ Кытаанах культуратын дьиэтин самодеятельнаһа Дириҥнэр кэннилэриттэн иккис миэстэни ылары ситиспитэ.
1991 с. - Дьокуускайга Саха Государственнай филормониятын иһинэн тэриллибит "Наара суохтар" эстрада миниатюраларын театрыгар артист быһыытынан үлэлээбитэ. Директор Матрена Степановна Павлова, уус - уран салайааччы Алексей Прокопьевич Павлоа.
1993 с. - Чурапчыга оройуоннааҕы Культура дьиэтигэр баяниһынан үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ элбэх мелодияны айбыта.
1994 с. - "Иэйии" квартет республикаҕа киэҥник биллэн, народнай ааты сүкпүтэ. "Ыллыыр миэхэ күөрэгэй" диэн ырыаларын хомурунньуга тахсыбыта.
1995 с. - Чыаппараҕа 40 - ча киһилээх республикаҕа бастакы эр дьон хорун тэрийбитэ.
1997 с. - Чыаппара эр дьонун хора "народнай" ааты сүкпүтэ.
2006 - Г.И. Макаров - Дьуон Дьаҥылы "Ол, мин дойдум - Чурапчы" диэн хоһоонугар суруйбут ырыата Чурапчы улууһун гимнэ буолбута.
1986 сылтан эдэр автордар кулууптарын чилиэнэ.
1993 с. - Саха АССР мелодистарын түмсүүлэрин чилиэнинэн буолбута.
1985 с. - П.М. Решетников аатынан Чурапчытааҕы народнай театр артиһын быһыытынан үлэлээн, Федор Федорович Бүтүн союзтааҕы көрүү лауреатын медалын ылары ситиспитэ.
1987 с. - ll Бүтүн Союзтааҕы фетивальга ситиһиилээхтик кыттан, иккис медалы ылары ситиспитэ.
Страница 9 из 15