- Просмотров: 310
Олуннуьу 10 күнүгэр Ала5ар нэһилиэгэр А.П. Лыткина аатынан “Ырыа” норуот айымньытын дьиэтэ 70 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинэ ыытылынна.
Алаҕар нэһилиэгэр культура сайдыытын историятыгар араас бэлиэ түгэннэр аҕыйаҕа суохтар. “Алаҕаркаан – тэтэгэркээн Алтан араҕас далбардаах Алаҕар нэһилиэгэ” кинигэҕэ сурулларынан, 1952 – 1953 сс Лампаарыкыттан көһөрөн аҕалан Чыаппараҕа кулууп тутуллубута. Бу туһунан Мария андреевна Герасимова – Сэҥээрэ “Тыа сирин культурата” Чурапчы улууһа кинигэтигэр эмиэ бэлиэтиир.
Онон Чыаппараҕа бастакы аналлаах кулууп дьиэтэ 1952 сыллаахха үлэҕэ киирбитинэн, кулууп төрүттэммит сыла ааҕылынна.
1964 сыллаахха ахсынньы ыйга саҥа аныгылыы типовой кулууп дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. 2018 сылга кулууп саҥа таас дьиэҕэ киирбитэ.
Ааспыты сэгэтэн көрдөххө, 1957 сыллаахха кулууп сэбиэдэссэйинэн Иван Афанасьевич Федотов үлэлээбитэ. Ол сыл Алаҕар Бахсы ыччата 45 киһи оройуоҥҥа фестивальга бастаан, республиканскай ыччат фестивалыгар кыттар ситиһиилэммиттэрэ. Онно хайҕабыл, сэҥээрии ылан олус үөрбүттэрэ.
Норуот талаана, ыччат ырыаҕа таптала ол бастакы фестивальтан кыым саҕан Алаҕарга баччааҥҥа диэри уостубакка, өссө сайдан кэллэҕэ.
Тэрээһин үөрүүлээх уонна соһуччу түгэнинэн буолар А. П. Лыткина аатынан норуот айымньытын дьиэтин 70 сылыгар аналлаах историяны кэрэһэлиир брошюра - кинигэ тахсыыта буолла. Брошюраҕа тумус туттар дьоммут - сэргэбит ахтыылара, хаартыскалар киирдилэр.
Үбүлүөйдээх тэрээһиммитигэр уопсайа 160 тахса киһи кытынна, кулууп иһинэн үлэлиир түмсүүлэрбитин барыларын сырдаттыбыт, көрдөрдүбүт.
Махтал тылларын этэбит дьоро күммүтүн тэрийсибит, көмөлөспүт тэрилтэ салайааччыларыгар, олохтоох дьаһалта коллективыгар, баһылыкпытыгар Иван Иванович Оконешниковка, хас биирдии ыллаабыт, үҥкүүлээбит, үлэлэспит дьоннорбутугар, ыҥырыылаах ыалдьыттарбытыгар, убастыыр ветеран коллегаларбытыгар уонна күндү көрөөччүлэрбитигэр!