- Просмотров: 249
«Пушкинская карта» — совместный проект Минкультуры, Минцифры и Почта Банка.
«Пушкинская карта» — совместный проект Минкультуры, Минцифры и Почта Банка.
Положение 1 Республиканского танцевального конкурса «Майский вальс», посвященный 80-летию Победы в Сталинградской битве, 113-летию Героя Советского Союза, артиллериста, участника Сталинградской битвы Гавриила Дмитриевича Протодьяконова.
Дата проведения: 06 апреля 2023 года
Место проведения: с. Чыаппара, Дом народного творчества «Ырыа» им. А.П.Лыткиной
Организаторы конкурса: творческий клуб «Дьэ-эрэ», Дом народного творчества «Ырыа» им. А.П.Лыткиной
Цели Конкурса:
1. Воспитание чувства патриотизма у молодого поколения, основанных на героической судьбе людей;
2. Увековечение и сохранение памяти о мужесте героев;
3. Пропаганда парного танцевального искусства.
Участники Конкурса:
В конкурсе принимают участие танцевальные коллективы, а также самодеятельные коллективы организаций (школ, домов культуры, детских садов и тд.), состоящие из 4 пар. Приветствуется участие антуража: баянист, певец, вокально-инструментальное сопровождение и т.д.
Возрастная категория участников конкурса:
1. С 18 лет – до 50 лет;
2. С 50 и выше
Условия Конкурса:
• Конкурсная программа «Майский вальс» включает в себя 1 танец с каждого коллектива.
• Для конкурса каждый коллектив готовит танец на военную тематику. Для музыкального сопровождения танца выбирается песня военных лет.
• Внешний вид коллектива: костюмы участников должны соответствовать теме танца и выбранной песне. Приветствуется военная офицерская форма, гимнастерка, платья времен ВОВ.
Критерии оценки выступлений конкурсантов
Каждая танцевальная композиция оценивается по следующим критериям:
• уровень исполнительского мастерства (образ, характер, актерское мастерство);
• техника исполнения движений (осанка, ритмичность, разнообразие движений или танцевального рисунка);
• костюмы (соответствие выбранному стилю и имиджу композиции);
• сценическая культура.
Подведение итогов Конкурса
В состав жюри Конкурса входят работники культуры, педагоги образовательных учреждений культуры и искусства, педагоги-хореографы.
По итогам Конкурса победители и призеры награждаются дипломами:
• «Гран-при» - 20.000 рублей (от родных Г.Д.Протодьяконова)
• Лауреаты
• Дипломанты
Все решения жюри являются окончательными, обсуждению и пересмотру не подлежат.
Финансовые условия Конкурса
Расходы на организацию и проведение Конкурса осуществляются за счет организационных взносов участников. Организационный взнос за участие составляет 1600 рублей с коллектива.
Все расходы за проезд, автотранспорт и питание коллективы берут на себя.
Контактные данные Конкурса:
Тотонова Елена Николаевна, директор ДНТ «Ырыа» - 89148229153
Протодьяконова Софья Егоровна, художественный руководитель ДНТ «Ырыа» - 89841196317
Гоголев Руслан Федорович, руководитель творческого клуба «Дьэ-эрэ» - 89148297685
Программа проведения Конкурса:
9ч.00м.-10ч.00м. - регистрация участников;
9ч.00м.-10ч.00м. – репетиции на сцене;
11ч.00м – 13ч.00м.- смотр конкурсных выступлений;
13ч.00м. – 14ч.00м. – обед;
14ч.00м. – 16ч.00м. – смотр конкурсных выступлений;
16ч.00м. – 18ч.00м – работа жюри;
16ч.00м. – 18ч.00м – развлекательная программа для участников конкурса;
19ч.00м. – Гала-концерт .
• Во время конкурса будет работать буфет с горячим питанием.
Улуу Россиябыт баай историялаах Санкт -Петербург куоратыгар Чурапчы улууһуттан Алаҕар нэһилиэгиттэн "Алаҕар Далбардара" үҥкүү бөлөҕө олунньу 17-24 күннэригэр 6 -тыс "Хотугу кустук" норуот маастардарын быыстапкатыгар кыттан кэллилэр.
"Бастакы күн Зеленогорскайга Саха сириттэн СВО-ҕа сэриигэ сылдьан бааһырбыт уолаттары кытта көрүстүбүт, ирэ-хоро кэпсэтэн,санааларын көтөхтүбүт. Кэһиибитин, дойду аһын, волонтер Варвара Илларионоваҕа туттардыбыт, кинилэр сахалыы ас астаан сибиэһэйдии илдьэллэр эбит. Уолаттарбыт баҕаларын толорон таҥас набора, фрукта атыылаһан илдьэн алҕаан, харысхал бэлэхтээн, уолаттарбытыгар күүс-көмө өйөбүл буоллубут. Москва,Санкт-Петербург волонтердарын кытта
сибээс олохтоотубут. Санкт Петербурдааҕы Постпредство бэйэтин массыынатынан көмөлөстө.
Сарсыныгар бүтүн Россиятааҕы этнографическай музей мраморнай заалыгар улахан сахалыы концертнай программаҕа кытынныбыт. Сүрдээх улахан историческай музейга Россия бары норуоттарын үгэстэрин, таҥастарын-саптарын дуоһуйа көрдүбүт.
Олунньу 23 күнүгэр Герцен аатынан хотугу норуоттар институттарыгар норуот маастардарын быыстапката, маастар кылаастара дьон-сэргэ интэриэһин тардан, тэрээһиннээхтик ааста.
Сарсыҥҥы күнүгэр Санкт Петербург журналистарын дьиэтигэр маастардар быыстапкалара, концерт буолла.
Бары тэрээһиннэргэ биһиги сахалыы соммутунан дефилеҕа кыттан, 2 үҥкүүнү үҥкүүлээн, көрөөччүлэрбит махтанан дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр.
Бу маннык үрдүк таһымнаах дьаһалга соһуччу бэлэҕинэн "Алаҕар аймах" түмсүү аатыттан сибэкки дьөрбөтүн тутан соһуччу үөрүү буолла. Дуоһуйуу, дьол түгэнин бэлэхтээбит Алаҕар аймах салайааччытыгар Гоголева Т.А. барҕа махтал. Чэгиэн сырыт,үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабыт.
Сахабыт сирин туһунан өйдөрүгэр-санааларыгар үтүө өйдөбүлү хаалларан, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһэн бары да астынан, дуоһуйан тарҕастыбыт. Сахабыт сирин киэн тутта ааттаан, биир сомоҕо буолан бары тэрээһиннэр үрдүк таһымҥа аастылар.
Бу ыраах дойдуга барарбытыгар көмөлөспүт нэһилиэкпит баһылыгар Оконешников И.И,биир дойдулаахпытыгар Максимов Н.В.барҕа махтал буоллун. Этэҥҥэ, доруобайдык сылдьыҥ, үлэҕит ситиһиилээх буоллун.
Историческай куоракка биһигини ыҥыран, улахан тэрээһиҥҥэ салайан илдьэ сылдьыбыт "Северная радуга" Хотугу норуоттар культураларын фондатын сайдыытын Президеныгар Борисова А.В. барҕа махтал. Бу курдук Сахабыт сирин төрүт культуратын сайдыытыгар кылааккын киллэрэ сырыт, доруобай буол,үлэҕэр ситиһиилэри.
Олохпутугар биир кэрэ-бэлиэ түгэн умнуллубакка сүрэхпитигэр сылдьыа" - "Алаҕар Далбардара" үҥкүү коллектива, сал. Ефремова А.Е.
Олунньу ый 2023сыл
Олунньу 25 күнүгэр Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүгэр аналлаах "Эр киһи эрэллээх эркиммит - инники кэскилбит" тэрээһин үрдүк таһымҥа буолла.
- Күнүс П.Д. Ефимов аатынан спортзалга түөлбэлэр икки ардыларыгар Федор Ильич Гоголев аатын ааттатан аймахтара, оҕолоро туруорбут бириистэригэр Воздушка саанан ытыыга күрэх олус көхтөөхтүк ыытылынна.
Хамаанданан 1 миэстэни эрэллээхтик Сардаҥа түөлбэ ылла - 15 000 солк
2 миэстэ Дьөһөгөй
3 миэстэ Чолбон
Мунутуур кыайыылаахтар
1м - Софронов Семен - 5 000 солк
2м - Мохначевскай Андрей - 3 000 солк
3м - Новгородов Нестор - 1 500 солк
- Федор Ильич үлэлээн ааспыт Балыыһатын коллектива туруорбут 2 000 т сертификат Кэрэ анардар икки ардыларыгар үчүгэй ытыыны көрдөрбүт Оконешникова Марианна тутта.
- Анна Афанасьевна дьиэ кэргэнин анал бирииһэ - Слепцов Иннокентий Филипповичка.
Федор Ильич Гоголев сырдык аатыгар анаммыт тэрээһин үрдүк таһымҥа ааспытынан Кыттыыны ылбыт дьоммутугар, Түөлбэ салайааччыларыгар, күрэхтэспит хамаанда чилиэттэригэр Сүөдэр оҕолорун, аймахтарын ааттарыттан махтал тылларын этэллэр.
- Онтон салҕыы А.П. Лыткина аатынан "Ырыа" норуот айымньытын дьиэтигэр, "Оҕо иитиитигэр төрүт үгэстэр суолталара"Сахалыы тыыннаах аһаҕас кэпсэтии ыытылынна.
Кыттыыны ыллылар:
Ыҥырыылаах ыалдьыттар Дьокуускай куораттан Иван Иванович Шамаев физмат наука кандидата, Михаил Федорович Семенов физмат наука кандидата, Чурапчыттан Руслан Романович Ефремов, Егор Егорович Куприянов, Хаҥаластан Радион Алексеевич Захаров.
Нэһилиэкпит киэн туттар Бочуоттаах олохтоохторо Егор Дмитриевич Сорокоумов, Михаил Иванович Оконешников, Гаврил Гаврильевич Оконешников, Иннокентий Филиппович Слепцов.
Нэһилиэкпит олохтоохторо, тэрилтэлэрбит үлэһиттэрэ кэлэн истэн санааларын атастаһан бардылар. Маннык сахалыы тыыннаах түмсүүгэ оҕолорбутун Үтүөҕэ кэрэҕэ угуйар Г.Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын, "Алгыс" уһуйаан коллективтара кэлэн санааларын үллэстибиттэриттэн кэлбит ыалдьыттарбыт астыммыттарын биллэрдилэр.
Түмүккэ Иван Иванович Шамаев "Солбук баар, үчүгэй буолуохпут, Сахалар саамай түмсүүлээх норуоппут" - диэн этиитинэн түмүктээтэ.
"Дьэ, эрэ" кулууп тэриллиэҕитэн биһиги нэһилиэкпитигэр Саха норуотугар саамай биллэр көстөр дьоммут Мандар Уус, Уйбаан Понамарев, Иван Шамаев кэлэн барбыттара элбэҕи этэр.
Араас тэрээһиннэри тэрийэллэрин таһынан Маннык дьону кытары эн - мин дэһэн алтыһан үлэлии сылдьар күүстээх санаалаах, нэһилиэкпит сайдарын туһугар күүскэ үлэлии сылдьар дьоммутугар, "Дьэ, эрэ" кулууп уолаттарыгар Руслан Федорович Гоголевка, Иван Алексадрович Новгородовка, Николай Петрович Оконешниковка махтанабыт, ситиһиилэри баҕарабыт.
Олунньу 23 күнүгэр Дьокуускай куоракка Д.Е. Сивцев - Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театрыгар Республиканскай үбүлүөйдээх эр дьон хорун уонна ансаамбылларын икки ардыларыгар "Поющее мужское братство" фетиваль - конкуруһа буолан ааста. Ф. Гоголев аатынан эр дьон народнай хорун ансаамбыла - Дипломант 3 үрдэлэ уонна Бүлүү улууһун "Дьолуо"ансаамбылын спец бирииһин хаһаайыттара буоллулар.
Олунньу 24 күнүгэр Республиканскай аһаҕас "МИН САХАБЫН" күрэх Гала - кэнсиэрэ Чурапчы улууһун "Айылгы" НАДь буолан ааста.
Саха үҥкүүтүн толорооччуларга
- Зоя Дмитриева - лауреат 2 үрдэлэ, Сал. Баишева О.Е.
- "Алаҕар Далбардара" - лауреат 3 үрдэлэ, сал. Ефремова А.Е., Баишева О.Е.
- "Күн көлүйэтэ" - лауреат 3 үрдэлэ, сал. Борисова С.А, Баишева О.Е.
Саха ырыатын толорооччуларга
- "Дьүөгэ" ансаамбыл - лауреат 1 үрдэлэ, сал. Бориосва С.А.
Олунньу 25 күнүгэр Чурапчы улууһун, Одьулуун нэһилиэгэр Всероссийскай "Арт Севера - Весна талантов 2023" фестивальга
- "Өрөс - чөрөс" фольклорнай ансаамбыл оҕолоро - лауреат 1 үрдэлин кыайыылаахтара. сал. Тотонова Е.Н, Ефремова А.Н.
- Зоя Дмитриева - "Абсолютный победитель" кылаан кыайыылаа5а, сал. Баишева О.Е.
Страница 4 из 15