678683 с. Чыаппара, Протодьяконова, 33 dntalagar@mail.ru
Мужской хор
Весь коллектив
Наш коллектив
previous arrowprevious arrow
next arrownext arrow
Shadow
Slider

Сэтинньи 23 күнүгэр Алаҕар нэһилиэгэр "Культурный код" экспедиция бырайыагынан улуустан хамыһыйа тахсан үлэлээтэ. 

Нэһилиэктэр икки ардыларыгар уран тарбахтаахтар уонна норуот маастардарын "Кырыа кыһын сиэдэрэй симэҕэ" улуустааҕы фестиваль - быыстапкатын тута миэстэтигэр көрдүлэр. Ону таһынан эрдэ анаммыт коллективтарга, үҥкүүгэ уонна фольклорга маастар кылаастар буоллулар. 

Быыстапкаҕа нэһилиэкпит норуот маастардара, талааннаах дьоно кытыннылар.

Улууспутугар солун бырайыак үлэтин саҕалаата диэн культуура үлэһиттэрэ, дьон -сэргэ сэҥээрдэ.

Ахсынньы ыйга түмүк тахсарын долгуйа күүтэбит.

IMG 3189IMG 3165

IMG 3181IMG 3198

IMG 3205IMG 3213

IMG 3223IMG 3238

IMG 3234IMG 3228

“Культурный код” диэн туох эбитий? Туохха олоҕуран тэрилиннэ?

  • Биһиги улууспут култууратыгар бастатан туран олус интэриэһинэй көстүү баар. Ол эбэтэр хас биирдии нэһилиэк бэйэтэ тус-туһунан суоллаах-иистээх. Холобура, Мугудай нэһилиэгэр үҥкүүһүттэр уутуйан үөскүүллэр, Чакыр нэһилиэгэр олоҥхоһуттар, фольклору толорооччулар, Алаҕардар ырыаһыттарынан, Хоптоҕо нэһилиэгэр ойууһуттар үөскүүллэр диэн буолар. Бу көстүүлэр сүрүн идеяларын улууспут сайдан кэлэр устуоруйатыттан оччолорго үлэлээбит дьоммутуттан иитиэхтэнэн кэллэҕэ. Бу маны барытын сүрүннээбит киһинэн, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биһиги улууспут култууратын аксакала Валерий Петрович Герасимов буолар. Бу идеяны ыламмыт, итинтэн сиэттэрэн “Айылгы” оройуоннааҕы НАДь-тэ, дириэктэр Розалия Игнатьева “Культурный код” диэн экспедиция бырайыагын саҕалаан эрэбит. Иккиһинэн, норуотунай статустаах норуот айымньытын дьиэтин исписэлиистэрэ нэһилиэктэргэ үлэлиир НАДь-рин үлэһиттэригэр көмө быһыытынан норуот уус-уран айымньытын хайысхаларыгар сүбэ-ама буоларга туһуланар. Ол курдук улууспут 17 нэһилиэгин барытын кэрийэммит, “Айылгы” НАДь-тин исписэлиистэрэ хас биирдии ханр хайысхаларынан о.э үҥкүү туруорааһыныгар, ырыаны оҥорон биэриигэ итини сэргэ фольклорнай нүөмэрдэри ыраастаан, сааһылаан биэрэргэ көмө оҥоруохтара, үйэтитиигэ анаан “Золотой фонд” диэҥҥэ передачалары устуохпут. Итини таһынан илиинэн оҥоһуктар быыстапкаларын “Ай” норуотунай устуудьуйа тиийэн көрөр. Бу кэмҥэ быыстапка тэриллэр сүрүн сыала-соруга диэн саҥа талааннары көрдөөһүн. “Айылгы” НАДь-тэ тэрийбит улахан бырайыага сүрүн чинчийэр-үөрэтэр үлэтин саҕалаата, — диэн “Айылгы НАДь-тин норуот уус-уран айымньытын отделын салайааччыта Елена Дьячковская билиһиннэрдэ.

Сэтинньи 16 күнүгэр нэһилиэкпит талааннаах оҕолоругар анаан “Ыллаа – туой оҕо саас” биирдиилээн толорооччулар ырыа күрэҕэ ыытылынна.

Бу бырайыак автордарынан буолаллар А.П. Лыткина аатынан “Ырыа” норуот айымньытын дьиэтин уус – уран салайааччыта, СР культуратын туйгуна Светлана Борисова уонна Ф.Гоголев аатынан Чыаппаратааҕы эр дьон народнай хорун салайааччыта Мичилия Гоголева.

Бырайыак сыала – соруга ырыа абылаҥар кэлэр кэнчээри ыччаты тардыы, саҥа талааннары арыйыы.

Кыттааччылар 4 категорияҕа арахсан кытыннылар:

  • Оскуола иннинээҕи саатаах оҕолор
  • Алын сүһүөх кылаас оҕолоро (1-4 кл)
  • Орто сүһүөх кылаас оҕолоро (5-8 кл)
  • Үөһээ кылаас оҕолоро (9-11 кл)

Дьүүллүү сүбэҕэ үлэлээтилэр:

Хон Иван Иванович -   Саха республикатын культуратын туйгуна, Чыаппаратааҕы   эр дьон народнай хорун   солиһа, сыана ветерана, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ

Рожина Иванна Ивановна - Г. Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын педагог организатора, Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай университет   саха салаатын выпускницата, оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар “Кэнчээри” оҕо образцовай ырыа   ансамбылыгар дьарыктаммыта.

Гоголева Ольга Ильинична - "Преданность детству" бэлиэ хаһаайына, СР үөрэҕириитин туйгуна, РФ педагогического үлэ бэтэрээнэ

Кыайыылаахтар:

Кылаан кыайыылаах- Элина Гоголева, 7кл
Көрөөччү бирэһирэбилэ - Айтал Лыткин, 6 саастаах
 
ОСКУОЛА ИННИНЭЭҔИ СААСТААХ О5ОЛОРГО
Бастыҥ аат 1 үрдэлэ - Лыткин Айтал, 6 саастаах
Бастыҥ аат 2 үрдэлэ - Сокольникова Сайнаара, 6 саастаах
Бастыҥ аат 3 үрдэлэ - Черкашина Соня, 4 саастаах
Чулуу аат 1 үрдэлэ - Габышева Владианна, 6 саастаах
Чулуу аат 2 үрдэлэ - Лукина Айкуо, 5 саастаах
Чулуу аат 3 үрдэлэ - Копырина Аюми
 
АЛЫН СҮҺҮӨХ КЫЛААС ОҔОЛОРУГАР
Бастыҥ аат 1үрдэлэ - Баишева Алианна, 2 кл
Бастыҥ аат 2 үрдэлэ - Гоголева Элиза, 2 кл
Бастыҥ аат 3 үрдэлэ - Протодьяконова Паша, 2 кл
Чулуу аат 1 үрдэлэ - Борисова Алеся, 3 кл
Чулуу аат 2 үрдэлэ - Сорокоумова Сайнаара, 1 кл
Чулуу аат 2 үрдэлэ - Лыткина Нина, 3 кл
Чулуу аат 3 үрдэлэ - Пестрякова Аня, 1 кл
 
ОРТО СҮҺҮӨХ УОННА УЛАХАН КЫЛААС ОҔОЛОРУГАР
Бастыҥ аат 1 үрдэлэ - Протодьяконова Дайаана, 10 кл
Бастыҥ аат 2 үрдэлэ - Оконешникова Айна, 10 кл
Бастыҥ аат 3 үрдэлэ - Копырин Алик, 11 кл
 
НОМИНАЦИЯЛАР
"Бастыҥ дебют" - Түмээ Тоскин, 6 саастаах
"Бастыҥ көстүүм" - Шеломов Айхал, 1 кл
"Кэрэ куолас" - Попова Ганна, 3 кл
"Кэскиллээх ырыаһыт" - Сокольникова Сандаара, 2 кл
"Чуор куолас" - Оконешникова Аиза, 3 кл
"Ымыылаах ырыаһыт" - Пестрякова Дайаана, 3 кл
Салайааччыларбытыгар Пахомова Марфа Афанасьевнаҕа, Пестрякова Вера васильевнаҕа, Гоголева Мичилия Васильевнаҕа, Борисова Светлана Афанасьевнаҕа уонна күндү төрөппүттэрбитигэр махтанабыт! Ситиһиилэри баҕарабыт!
 
 Бырайыакпыт салҕыы сайдан, талааннаах оҕолору таһаара, сырдата турдун, ылбаҕай ырыа ылланнын!
 
WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.23.14WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.24.15WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.25.05
WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.25.06WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.25.14WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.25.27WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.25.46WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.26.05WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.26.23WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.26.38WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.26.49WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.27.05
WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.27.19WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.27.31WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.27.52
WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.28.04WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.28.13WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.28.29WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.28.43WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.28.58WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.29.13WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.29.33WhatsApp Image 2023 11 16 at 22.29.42
 

Сэтинньи ый 3 күнүгэр Чурапчы оройуоннааҕы "Айылгы" норуот айымньытын дьиэтигэр биир дойдулаахпыт, культура туйгуна, мелодист - Константин Мохначевскай эмтэнэригэр күүс - көмө буолар аһымал кэнсиэр буолла.

Бу кэнсиэргэ Ала5ар нэһилиэгин талба талааннаах дьоно - сэргэтэ кыттан, оҕотуттан аҕам саастаах дьонугар дылы  12 массыынанан баран, уопсайа 60 киһи кытынна.
Аһымал акцияҕа 160 500 солк. харчы хомулунна.
Бары биир хамаанда буолан күүс - көмө буолбут биир дойдулаахтарбытыгар, нэһилиэкпит дьонугар, тэрилтэ салайааччыларыгар, кыттыбыт оҕолорбутугар, дьоммутугар МАХТАЛБЫТЫН тиэрдэбит.
 
Кэнсиэр 1 видеота
 
 
Кэнсиэр 2 видеота
 
Кэнсиэр 3 видеота
 

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр историяҕа киирэр биир бэлиэ күн буолан ааста. Ол курдук, сахаттан биир бастакы идэтийбит тыл үөрэхтээҕэ, лингвист-учуонай, суруйааччы Гавриил Васильевич Баишев – Алтан Сарын төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, хаан-уруу аймахтара тоҕуоруһа муһуннулар.

Дьоро күн саамай долгутуулаах түгэнинэн нэһилиэк килбэйэр киинигэр, Алтан Сарыҥҥа аналлаах мэҥэ таас аһыллыыта, олохтоох түмэлгэ анал стендэ, култуура дьиэтигэр улуу киһибитигэр анаммыт кинигэлэр, суруйуулар быыстапкаларын сүрэхтэниилэрэ буолла. Бу үтүө тэрээһиҥҥэ Саха Республикатын Култуураҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, Ил Түмэн депутата Павел Ксенофонтов — Ойуур Байбал, ХИФУ Төрүт омуктар тылларын институтун директора Гаврил Торотоев, улуус салалтатыттан Афанасий Дьячковскай, Г.В.Баишев – Алтан Сарын аймахтара, олохтоох нэһилиэнньэ кыттыыны ыллылар.
Саха норуота төрөөбүт тылынан сайа саҥарарын туһугар олоҕун анаабыт улуу киһибит аатын үйэтитиигэ үлэлэһэр хаан-уруу аймаҕа Руслан Алексеевич Баишев үбүлүөйдээх сылга анаан сүүрэн-көтөн, аймахтарын көҕүлээн, бу күн Алтан Сарыҥҥа аналлаах мэҥэ бэлиэ (пааматынньык) үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Пааматынньыгы биллэр скульптор Николай Огонеров чочуйан оҥорбут. Эдэркээн Алтан Сарын икки илиитин өрө көтөҕөн, кинигэтин туппутунан, будьурҕай баттаҕа, көстүүмүн тэллэҕэ, моонньугар эрийэ бырахпыт саарпыга сиккиэр тыалга тэлимнээн, киэҥ аартыгы арыйан, кэскиллээҕи түстүүр уобараһа бар дьон сүргэтин көтөхтө.
Руслан Алексеевич үбүлүөйдээх сылга өссө туох үлэ-хамнас былааннаммытын бар дьоҥҥо билиһиннэрдэ. Алтан Сарын “Тоҕус этиҥ тойуга” кинигэтэ саҥардыллан “Айар” кинигэ кыһатыгар тахсыахтааҕын, “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа каналыгар анал документальнай киинэ оҥоһулла сылдьарын, инникитин Саха драматическай театра Алтан Сарын олоҕун көрдөрөр испиэктээҕи туруорар былааннааҕын бу күн тоҕуоруспут улуу киһи биир дойдулаахтара, аймахтара олус үөрэ, долгуйа иһиттилэр. Улуу киһилэригэр сүгүрүйэн тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн мэҥэ бэлиэҕэ уурдулар.
Дьоро күн үөрүүтүн “Туймаада” вокальнай ансаамбыл ырыаһыттара ыллам ырыаларынан киэргэтэн, бар дьоҥҥо эҕэрдэ кэнсиэрдэрин бэлэхтээтилэр. Үрдүкү сыанаттан Алтан Сарын суруйан хаалларбыт айымньылара хоһоон буолан доргуччу ааҕыллан, ырыа буолан дьиэрэччи ылланан, номоҕон бэйэлээх ыраас мөссүөнэ бар дьонун диэки унаарыччы көрөн олороро үгүс дьону долгутта, кини сахатын норуота кэлэр кэскиллээх буоларын туһугар турууласпыт үлэтэ-хамнаһа биир дойдулаахтарыгар киэн туттууну үөскэттэ.

 



5199903767418490799 121 225x300img 20230917 075056 287 225x300a7f5bd86 d61a 4112 b252 14dbe0af3304

img 20230917 075056 745 225x300img 20230917 075057 007 225x300img 20230917 084848 394 300x207

WhatsApp Image 2023 09 16 at 07.17.54WhatsApp Image 2023 09 16 at 08.20.38

WhatsApp Image 2023 09 16 at 08.20.38 1WhatsApp Image 2023 09 16 at 08.20.39
Галина ПОЛУСКИНА - ыстатыйатаЧурапчы, Чыаппара.

Бүгүн балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Хоту көһөрүллүү 81 сылыгар, көһөрүллүү кыттыылаахтарын сырдык ааттарыгар, Кыайыы болуоссатыгар Алаҕар орто оскуолатын, ЖКХ, "Алгыс" уһуйаан, олохтоох дьаһалта, "Ырыа" НАДь эр дьоно хатыҥ мас олоттулар.
Ону таһынан нэһилиэкпит киин сиригэр, А. П. Лыткина аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр уопсайа 100 хатыҥ мас олордулунна.
Субуотунньук кыттыылаахтарын олохтоох дьаһалта, "Ырыа" НАДь кыргыттара сылаас аһынан, чэйинэн аһаттылар.
Бары тэрилтэ салайааччыларыгар, эр дьоммутугар, техниканан көмөлөспүт, кыттыспыт дьоммутугар, куруук сүбэ - ама, күүс - көмө буолар убайдарбытыгар Лыткин Василий Васильевичка, Протодьяконов Филипп Васильевичка МАХТАНАБЫТ!1993199119951994

19921996

Ыам ыйын 8 күнүгэр Алаҕар нэһилиэгэ Улуу Кыайыы 78 сылын көрүстэ. Нэһилиэкпит ветераннара, тэрилтэлэрэ, оскуолабыт үөрэнээччилэрэ Кыайыы парадыгар кытыннылар.
Киирии уонна эҕэрдэ тылы нэһилиэк баһылыга И. И. Оконешников эттэ, салҕыы  Аҕа саастаах дьоммутугар тэрилтэлэр  26 ветераҥҥа өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар.
Нэһилиэкпит үтүө үгэстэриттэн кэпсээтэхпитинэ:
- Сылын ахсын  Илья Федорович, Валентина Эмильевна Гоголевтар дьиэ кэргэттэрэ үлэ тыыл ветераннарыгар, сэрии оҕолоругар, уонна СВОҕа барбыт уолаттар ийэлэригэр, дьонноругар бэйэ бородукциятын, капченай кууруссаны бэлэх набор оҥорон, акцияларын ыыттылар.
- Куруук буоларын курдук хонуу куукунатыгар гречка хааһыны, итии саахардаах чэйи  Г. Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын повардара бэлэмнээннэр бырааһынньыкка ураты тыыны киллэрэллэр.
- Нэһилиэкпит ветераннара "Кыайыы алаадьыта" акция оҥорон кыттыстылар.
Тэрилтэлэр байыаннай ырыаларынан, Кыайыы оһуокайынан түмүктээтибит.
Ол кэннэ ветераннарбытыгар кулууппут дьиэтигэр "Ааспыты ахтан..." истиҥ кэпсэтии, чаепитие буолла.

1

23

6

45

7

 

Киэһэ Кыайыы скверыгар "Өйдөбүнньүк чүмэчи", "тэрилтэлэр икки ардыларыгар "Майский вальс" күрэҕэ ыытылынна.

Маны таһынан Г.Д. Протодьяконов аатынан "Алаҕар кэскилэ" парламент оҕолоро "Георгиевская лента", "Окно Победы", Бессмертный полк онлайн акцияларга кытынныбыт.

8

 

 

 

Страница 3 из 15