678683 с. Чыаппара, Протодьяконова, 33 dntalagar@mail.ru
Мужской хор
Весь коллектив
Наш коллектив
previous arrowprevious arrow
next arrownext arrow
Shadow
Slider

Алаҕарга хорсун буойуттар Илья Протодьяконов уонна Ариан Сивцев сырдык ааттара үйэтитилиннэ

Ахсынньы 12 күнүгэр, Россия үрдүнэн "Герой күнүн" бэлиэтиир суолталаах күн чэрчитинэн, биһиги хорсун уолаттарбыт, анал байыаннай дьайыы хонуутугар дьоруойдуу охтубут хоһууттарбыт Илья Борисович Протодьяконов уонна Ариан Николаевич Сивцев олорбут алаһа дьиэлэригэр "Мэҥэ таас" уонна үөрэммит оскуолаларыгар "Саллаат паартата" аһылынна.

Анал байыаннай дьыйыыга олохторун толук уурбут буойуттар Илья Протодьяконов уонна Ариан Сивцев төрөөбүт-үөскээбит алаһа дьиэлэригэр тиийэннэр, нэһилиэк дьоно кыттыылаах мэҥэ таастары арыйан, сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Хорсун саллааттары кэриэстээн Таатта уонна Чурапчы улуустарын байыаннай хамыһаарын эбээһинэһин толорооччу Егор Ефремов, Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Илья Березкин, нэһилиэк баһылыга Иван Оконешников тыл эттилэр. Алаҕар олохтоохторо бу манна барытыгар көхтөөх кыттыыны ыллылар, уолаттарга ытыктабылларын биллэрдилэр.

 

 

Өйдүүбүт, сүгүрүйэбит, саныыбыт...

IMG 4200IMG 4186

IMG 4194IMG 4204

img 2227 300x200img 2248 300x200img 2233 300x200

img 2268 300x200img 2268 300x200img 2260 300x200