678683 с. Чыаппара, Протодьяконова, 33 dntalagar@mail.ru
Мужской хор
Весь коллектив
Наш коллектив
previous arrowprevious arrow
next arrownext arrow
Shadow
Slider

Ала5ар нэһилиэгэр Кыайыы күнэ 09.05.2022 сыл

Бүгүн ыам ыйын 9 күнүгэр 10 чаастан Алаҕар нэһилиэгэр Кыайыы 77 сылынан  үөрүүлээх тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Ардаҕы - хаары билиммэккэ Кыайыы бырааһынньыгар өрө күүрүүлээхтик ыллаан - туойан, Кыайыы знамятын өрө көтөҕөн киллэрдилэр Алаҕар орто оскуолатын "Мохсоҕол" байыаннай - патриотическай клууп байыастара. Сэрии толоонугар охтубут, сураҕа суох сүппүт, тыылга хорсуннук кыайыы туһугар үлэлээбит, эйэлээх олоҕу тутуспут күндү дьоммут сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэн гирлянданы уурдулар Алаҕар нэһилиэгин МТ баһылыга Н.П. Попов, аатырбыт артиллерист, Советскай Союз геройа Г.Д. Протодьяконов сиэн уола Г. Д. Протодьяконов, Алаҕар орто оскуолатын "Мохсоҕол" байыаннай - патриотическай кулууп хамандыыра 9 кылаас үөрэнээччитэ Кеша Сивцев. Үөһэнэн Хаас үөрэ ааһан дьону үөртэ - көтүттэ, Кыайыы оһуохайын Е.Н. Тотонова дьиэрэттэ!

Гоголев Илья Федорович, Вера Афанасьевна үлэ, тыыл ветераннарын сиэн уоллара И.Ф. Гоголев, кэргэнэ В.Э. Гоголева нэһилиэкпит 9 ветеран дьонугар бэйэлэрин продукцияларын бэлэх ууннулар! 

Нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ ол кэмнээҕи ырыалары ылаатылар - туойдулар! 

Жанна Шеломова ыллаан дьону - сэргэни долгутта, П.Тобуруокап хоһооннорунан композиция сэрии ыар кэмнэрин санатта.

Минньигэс хааһыны буһаран, сылаас чэйи өрөн Алаҕар орто оскуолатын повар кыргыттара күндүлээтилэр, дьон - сэргэ итии хааһыны сиэн дуоһуйда, астынна!

DSC 0072DSC 0085DSC 0101DSC 0105DSC 0111DSC 0116

DSC 0118DSC 0126DSC 0130DSC 0134DSC 0136DSC 0141DSC 0161DSC 0166DSC 0173DSC 0179DSC 0191DSC 0196DSC 0206DSC 0210DSC 0212DSC 0214DSC 0232DSC 0233DSC 0238DSC 0244DSC 0246DSC 0248DSC 0256DSC 0275DSC 0279DSC 0286DSC 0314DSC 0316DSC 0318DSC 0324DSC 0327DSC 0330DSC 0339DSC 0344DSC 0349DSC 0354DSC 0361DSC 0362DSC 0370