678683 с. Чыаппара, Протодьяконова, 33 dntalagar@mail.ru
Мужской хор
Весь коллектив
Наш коллектив
previous arrowprevious arrow
next arrownext arrow
Shadow
Slider

Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадалар

💠Аан Дойдутаа5ы Доруобуйаларынан Хааччахтаах Дьон декадалара Ала5ар нэһилиэгэр ыытылынна💠

 Ахсынньы 6 күнүгэр
Ала5ар нэһилиэгин дьаһалтатыгар Доруобуйаларынан Хааччахтаах дьоммутун кытта нэһилиэкпит баһылыга Попов Н. П көрүстэ, Лыткина Н. М нэһилиэкпит социальнай үлэһитэ Мастер класс көрдөрдө, "Дьэ, эрэ" көҥүл санаа түмсүү Сал Гоголев Р. Ф, "Ырыа" норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Тотонова Е. Н, "Тирэх" доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтүн Сал Сорокоумов Д. Н - остуол тула инники былааннарга, бырайыактарга кэпсэтиини ыыттылар.

61220211612202161220212

🏆Ахсынньы 8 уонна 10 чыыһылаларыгар, "Тирэх" общественнай түмсүү  тэрилтэлэр икки ардыларыгар спартакиада тэрийэн ыыттылар. Ахсынньы 8 күнүгэр "Остуол оонньууларыгар": хабылык, хаамыска, дуобат, дартс күрэхтэрэ  бэрт сэргэхтик буоллан аастылар.

81220212rptrpt81220214

Ахсынньы 10 күнүгэр көрдөөх эстафетаҕа уонна сыал ытыытыгар күрэхтэстилэр. 

Спартакиадаҕа уопсайа 4 хамаанда кытыны ылла

1. Г.Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолата

2. "Алгыс" уһуйаан, 6№ МПЧ

3. Балыыһа, ЖКХ

4. Администрация, "Ырыа" НАДь, почта, музей

 101220211101220212

 

🏆Икки күн түмүгүнэн:

🥇1 миэстэни ылла - Г. Д. Протодьяконов аатынан Ала5ар орто оскуолата
🥈2 Миэстэ - "Алгыс" уһуйаан, МПЧ6
🥉3 миэстэни ылла - Нэһилиэк дьаһалтата, "Ырыа" НАДь, почта, музей
4 миэстэ - ЖКХ, Балыыһа хамаандата

202122021320214

20211

Кыттыыны ылбыт бары тэрилтэлэрбитигэр бар5а махталбытын тириэрдэбит👏👏👏